Заказать сайт с индивидуальным дизайном на RentSites.ru

МБУ ЦЕНТР ДОСУГА

Сарыал

Республика Саха (Якутия)
МО «Намский улус (район)»
с.Ымыйахтаах

Главная » Новости » "Үрүҥ кынат" бириэмийэ чэрчитинэн Үөдэйдэр ситиһиилэрэ

«Үрүҥ кынат» бириэмийэ чэрчитинэн Үөдэйдэр ситиһиилэрэ

Тохсунньу 10 күнүгэр Нам улууһун М. К. Аммосов аатынан дыбарыаһыгар дойдуга Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо, Нам улууһугар Оҕо спордун сылларыгар, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, бочуоттаах бэтэрээнэ, «Лучший пропагандист Олонхо» бириэмийэ Лауреата, норуот ырыаһыта, тойуксута, алгысчыта К. Н. Тихонов 90 сааһыгар аналлаах «Үрүҥ кынат» фольклор (оһуохай, тойук, норуот ырыата, хомус) көрүҥнэригэр улуустааҕы күрэх буолан ааста. Улууспут бастыҥтан бастыҥ өбүгэ үгэһин тарҕатааччылара мустан норуот ырыатыгар, хохуоралаах тыллаах дьүрүскэн хомус, үҥкүү битии аргыстаах, ойдоруулаах оһуохай күрэхтэригэр күөн көрүстүлэр.

Биһиги нэһилиэктэн талааннаах дьоммут маннык хайысхаларга кыттыыны ыллылар:

Петр Егорович Федотов норуот ырыатыгар, оһуохайга;

Екатерина Алексеевна Эверстова тойукка;

Ньургуйаана Еремеевна Павлова хомуска;

«Өбүгэ ситимэ» уран тарбахтаахтарга Мария Николаевна Иванова «Кыбытыктаах көбүөр»;

Егор Дмитриевич Николаев «Чочуллубут чороон».

Күрэх түмүгүнэн Оһуохайга Петр Федотов бастакы үктэл, норуот ырыатыгар иккис үктэл.
Хомуска Ньургуйаана Павлова иккис үрдэл. Тойукка Екатерина Эверестова үһүс үрдэл. Егор Николаев уран тарбахтаахтар күрэхтэригэр «Сатал уус» анал аат хаһаайына буолла. Оһуохайга кынат буолбут Игорь Кельциевка уонна Петр Софроновка, кыттыбыт бар дьоммутугар махтал тыл бастыҥа буолуохтун! Кыайыы чыпчаала өссө да кэлэ турдун!

Комментарий читателей статьи "«Үрүҥ кынат» бириэмийэ чэрчитинэн Үөдэйдэр ситиһиилэрэ"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *