Улуу Өктөөп бырааһынньыгынан итии — истиҥ эҕэрдэ!
- 07/11/2023
- 104
- нет
🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
Ону тэҥэ бүгүн сэтинньи 7 күнүгэр уһулуччулаах композитор, музыка кэрэ эйгэтигэр сүдү кылаатын киллэрбит
Российскай Федерация композитордарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ,
Нам улууһун, Үөдэй, Никольскай нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, Василий Алексеевич Зырянов күн сирин көрбүт күнэ.
Хампаһыытар туһунан: Василий Алексеевич Зырянов сэтинньи ый 7 күнүгэр 1936 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ үгүс түбүктээх үлэҕэ да сырытталлар ырыаны тойугу өрө тутан, араас муусука үнүстүрүмүөннэрин мунньаллара. Василий оҕо эрдэҕиттэн муусука абылаҥар ылларан, эдэр сааһыттан ырыа айар дьоҕура сайдан олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыра. Василий Алексеевич үгүс көрдөөх ырыаларын норуот сөбүлээн ыллыыр, холобур Виктор Башарин тылларыгар «Сэрэх киһи», Петр Тобуруокап тылларыгар «Һай», Иван Гоголев тылларыгар «Уоһук уолчаан» уо.д.а. Василий Алексеевиһы музыка киэҥ араҥатыгар сиэтэн киллэрбит дьонунан буолаллар: хампаһыытар Грант Григорян уонна Гнесин аатынан муусука педагогическай институт профессора Генрих Литинскэй. Василий Алексеевич эдэр эрдэҕиттэн муусукаҕа ылларан, айар кэрдиис уһун тыыннаах олоҕу олорон ааспыта, бөдөҥ муусука айымньылар хампаһыытардара буолар. Уопсайа 100-тэн тахса айымньыны айан, тупсаран оҥортообута, онтон 30-тан тахса айымньыта Саха радиотын көмүс фондатыгар киирбитэ. Василий Алексеевич 1958 сылтан саҕалаан саха, эбээн уонна да атын омуктар ырыаларын хомуйуутунан дьарыктаммыта. РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх деятелэ, норуот ырыаһыта Сергей Зверев-Кыыл Уола отучча ырыатын устубута. Мелодистар сүүһүнэн ырыаларын тупсарбыта. 47 сыл устата алыптаах иэйииннэн айбыт араас элбэх, норуокка киэҥник биллибит, биһирэммит ырыалара Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын солистарын Марыына Попова, Анегина Ильина, Семен Оконешников, Иван Степанов курдук Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстарын репертуардарыгар киирэллэр.
Василий Зырянов икки балета: “Ахсым Бэргэн” (балет олоҥхо) 1994 сыллаахха, “Оһуор туос” норуот ырыаһыта Сергей Зверев “Чыпчаххайдаах Удаҕан” кыыһын иккистээн көмүү үһүйээн кэпсээнигэр, ону таһынан үс ораторията: С. Дадаскинов либреттоларын “Максим Аммосов”, “Эҥсиэли хочотун туһунан номох”, “Улуу Ильмень”, “Хотугу поэма” симфоническай аркыастырга, Сергей Зверев 4 чаастаах үҥкүүлэрин сюиталарын, струннай аркыастырга 4 чаастаах саха сюитатын, фортепианнай муусукаҕа оҕолорго аналлаах 5 сахалыы үҥкүүлэрэ, Өлүөхүмэ эбээннэрин “Гассигор”, Абый эбээннэрин “Дехонде” диэн үҥкүүлэригэр, “Сааскы этиҥ” – прелюдияны, оҕолорго аналлаах 4 үҥкүүнү, муусука айымньылары суруйталаан, профессиональнай кэлэктииптэр толороннор көрөөччүлэр, Өрөспүүбүлүкэ муусука эйгэтин киэҥ биһирэбиллэрин ылыан ылла.
Василий Зырянов айар кэрдиис араас кэмнэригэр, муусука үгүс көрүҥнэригэр уһун тыыннаах айымньылары бэлэхтээбитэ. Кини айбыт вокальнай, хоровой ырыалара, камернай уонна симфоническай аркыастырга анаабыт муусуката норуокка киэҥник биллибитэ. Христофор Максимов, Георгий Никифоров, Игнатий Слепцов, Александр Чахов, Николай Бойлохов, Виктор Никаноров, Анастасия Варламова, Валерий Егоров, Светлана Константинова, Егор Кампеев биир куоласка суруллубут хастыы да ырыаларын, ырыа хомуурунньуктарын иккис, үһүс, төрдүс куоластаан баяҥҥа, фортепианоҕа доҕуһуолун суруйбута.
Ону тэҥэ Наммыт улууһун, 1 Хомустаах, Үөдэй Өрөгөй ырыалырын ааптара буолар.
Нэһилиэк культура эйгэтинэн сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ.
1988 сылтан саҕалаан Василий Зырянов төрөөбүт дойдутугар Үөдэйгэ 60-80 киһилээх хор тэрийэн үлэлээн саҕалаабыта, күн бүгүн хор улууска республикаҕа элбэхтэ биллэн — көстөн 2013 — сылга Норуодай ааты ылары ситиспитэ. Быйыл хорбут төрүттэммитэ 35 сыла, норуодунай ааты ылбыта 10 сыла.
Народнай хоровой коллективка 35 сыл устата,араас көлүөнэттэн хабыллан сүүһүнэн киһи ыллаан — туойан ааспыттара. Күн бүгүнүгэр диэри кини салайбыт хоровой коллектива Василий Алексеевич ырыаларын дорҕоонун кынат гынан көтүтэн киэҥ эйгэҕэ,ыллаан-туойан кэллилэр. 2022 сыллаахха үһүс төгүлүн Норуодунай аатын көмүскээн үөрүүбүт үгүс. Васлий Алексеевич айымньыларын,кини олоҕун устатын тухары үлэлээбит үлэтин тилиннэрэр, үйэтитэр, ыччат дьоҥҥо тиэрдэр сыалтан баҕа санаатын толорор ытык иэспит буолар.
Василий Зырянов ырыаларын толорорбут,айымньыларын истэрбит тухары-биһиги сүрэхпитигэр Василий Алексеевич мэлдьи тыыннаах.
Комментарий читателей статьи "Улуу Өктөөп бырааһынньыгынан итии — истиҥ эҕэрдэ!"