ТААЙТАРЫЫЛААХ ТАҤХА КЭМНЭРЭ
- 21/01/2025
- 152
- нет

Тохсунньу 16 күнүгэр «Чуораанчык» оҕо саадыгар таҥха күннэринэн иһитиннэриилэри ону тэҥэ номохтон хаалбыт «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйатын куукуланан көрдөрдүбүт, оҕолорго өбүгэ оонньууларын оонньоттубут.
Бу күн оскуола интернаатыгар тохсунньу ый сиэрин – туомун билиһиннэрдибит, хабылыкка, хаамыскаҕа Ядреев Иван маастар кылаастары көрдөрдө.
18 чыыһылаҕа Романова Дария – Даурия Сиэллээх Сэгэйэ кэлэн Үөдэйбит нэһилиэгин олохтоохторугар арчыланыы сиэрин – туомун толордо, хас кэлбит киһиэхэ туоһунан билгэлээн алгыс тылларын анаата ону тэҥэ баҕа санаатын тиэртэ.
Бу күн олохтоох библиотека таҥха оонньууларын туһунан кинигэ быыстапкатын тэрийдэ.
Комментарий читателей статьи "ТААЙТАРЫЫЛААХ ТАҤХА КЭМНЭРЭ"