«Өрүү күөх харыйа уотун уматыы»
- 14/12/2022
- 169
- нет
Үөрүү — көтүү үктэллээх, Үөдэй нэһилиэгэр күөх харыйабыт уоттара саҥа дьыл кэлэн иһэрин көрсө күлүмнүү сандаардылар.
Үөдэй нэһилиэгэ Муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Николай Михайлович Обутов бу күнү истиҥ эҕэрдэтинэн саҕалаата. Ыраах хоту дойдуттан аптаах торуоскатын тоһурҕатан Тымныы Моруос оҕонньор, кэрэчээн бэйэлээх сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын, 2023 сылбыт бэлиэтин Кролигы кытта биһиэхэ кэлбиттэрин дьон — сэргэ, оҕо — аймах бары үөрэ көрүстэ. Үөрүүлээх, саамай күүтүүлээх тэрээһиҥҥэ дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээбит, нэһилиэкпит эдэр ыччаттарыгар, З.П. Саввин аатынан оскуола лидердарыгар барҕа махтал буолуохтун. Кэлэр сылга баҕа санаа бастыҥа туолуохтун, бары кэрэни үчүгэйи, элбэх ситиһиини аҕаллын!
Комментарий читателей статьи "«Өрүү күөх харыйа уотун уматыы»"