Олоҥхо күннэрин чэрчитинэн ахсынньы ый маҥнайгы күнүгэр»Идэһэ — 2023″ — сэргэх тэрээһин ыытылынна.
- 02/12/2023
- 190
- нет
Тэрээһин Ахсынньы ый сиэринэн — туомунан саҕаланна. Этнопедагог, уйулҕаhыт, Айыы үөрэҕин тарҕатааччы, дьөһүөлдьүт Наталия Николаевa — Хотун Тускууна. алгыһы толордо. «Ноо!» — диэн доҕуһуоллаах,
«Дьэ, эрэ!» — диэн сэҥээриилээх, оллоонноон олорон «Ала Кэрэ аттаах Алантай Боотур» олоҥхоттон ырыатын тойугун иһитиннэрдэ уус — уран салайааччы Геннадий Игнатьев.
🔅Түөлбэлэр икки ардыларыгар «Сибиэһэй ас-чэгиэн турук. Үөдэйим аһа-үөлэ» эт астан, булт-алт көрүҥнэриттэн биир композиция оҥорон таһаардылар.
Көрүү түмүгэн 3 үрдэли ылла «Айылгы» түөлбэ, сал. Екатерина Николаевна Ядреева 1 үрдэлгэ тигистэ «Кэскил» түөлбэ, сал. Лия Ральфовна Слепцова, кыайыылааҕынан 1 үрдэли ылла «Сардаҥа» түөлбэ, сал. Наталья Егоровна Зырянова.
🔅 — «Чөл олох-чэгиэн турук » түөлбэлэр икки ардыларыгар тыҥааһыннаах күрэс (көрдөөх эстафета) ыытыллынна. Ол курдук балбаах хомуйуута, ойбонтон уулааһын, ынах ыаһына, күөх Боллох бэлэҕэ уонна быа өрүүтэ сонун түһүмэхтэр дьон интириэһин таттылар. Ыһыылаах-хаһыылаах күрэх түмүгүнэн 3 миэстэҕэ таҕыста «Тэтим» түөлбэ, сал. Лиханова Александра Николаевна, 2 үрдэл «Айылгы» түөлбэ, сал. Екатерина Николаевна Ядреева кылаан кыайыылаах үрдүк ааты ыллылар «Сардаҥа» түөлбэ, салайааччы Наталия Егоровна Зырянова. Бары кыайыылаахтар илии тутуурдаах, өттүк харалаах сонун тэрээһин диэн санаалара көтөҕүллэн тарҕастыллар
Ону тэҥэ уйгулаах, дэлэй астаах атыы — тутуу хорчуопката тэриллиннэ.
Түөлбэлэрбит салайааччыларыгар, олохтоохторугар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Ону тэҥэ тэрээһинҥэ спонсордаабыт, бэйэтин кылаатын киллэрбит, босхо Намҥа барыы- кэлии сертификатынан ИП Кириллин Семен Семенович. Үөдэйбит эдэр эрчимнээх эдэр суоппарыгар истиҥ барҕа махталы аныыбыт!
Бу курдук түмсүүлээх буолуоҕун, «Сарыал» сынньалаҥ киин ыытар тэрээһиннэригэр кытта тураргытыгар баҕарабыт!
Комментарий читателей статьи "Олоҥхо күннэрин чэрчитинэн ахсынньы ый маҥнайгы күнүгэр»Идэһэ — 2023″ — сэргэх тэрээһин ыытылынна."