Заказать сайт с индивидуальным дизайном на RentSites.ru

МБУ ЦЕНТР ДОСУГА

Сарыал

Республика Саха (Якутия)
МО «Намский улус (район)»
с.Ымыйахтаах

Главная » Новости » "Олоҥхо дойдутун оҕолорунабыт"

«Олоҥхо дойдутун оҕолорунабыт»

Сэтинньи 24 күнүгэр
Үөдэй нэһилиэгэр В.А. Зырянов аатынан «Сарыал» сынньалаҥ киинигэр, «Олоҥхо дойдутун оҕолорунабыт» олоҥхо декадатын үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста.
Олоҥхо — норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Киһи олоҥхону аахтаҕына, иһиттэҕинэ кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Онон бу улуу айымньы киһиэхэ бары өттүнэн үчүгэйи оҥорор.

Кыттыыны ылла А. Ф. Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин фольклор куруһуогүн салайааччыта, улуустааҕы олоҥхо күрэҕин 5 төгүллээх кыайыылааҕа, ыччат муҥха олонхотун муҥутуур кыайыылааҕа, Үөһээ бүлүүгэ ыытыллыбыт олоҥхо ыһыаҕын 2 үрдэлэ, Саха көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньа ыытар Олоҥхо баттл күрэҕин 3 миэстэлээҕэ Вера Цыпандина.
Е.Г. Охлопков — Буоратай «Алантай Боотур» олоҥхотун толордо.
Ноо! — диэн доҕуһуоллаах, Дьэрэ! — диэн сэҥээриилээх олоҥхо иһиттибит.
Уонна тэрээһин түмүгэр Үөдэй нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии аҕа баһылыга Иван Васильевич Гаврильев, күндү ыалдьыппытыгар эҕэрдэ тылын уонна махтал сурук туттарда.

Ону тэҥэ Е.Г. Охлопков — Буоратай «Алантай Боотур» олоҥхотун геройдарынан куукуланнан оҥоһуктарын быыстапката уонна олохтоох библиотека Нам улууһун олоҥхо кинигэлэрин быыстапкатын туруорда.

Күндү Вера Прокопьевнаҕа, ытык мааны ыалдьыттарбытыгар, истиҥ истээччилэрбитигэр «Сарыал» сынньалаҥ киин аатыттан барҕа МАХТАЛ тыллары аныыбыт!

Комментарий читателей статьи "«Олоҥхо дойдутун оҕолорунабыт»"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *