Заказать сайт с индивидуальным дизайном на RentSites.ru

МБУ ЦЕНТР ДОСУГА

Сарыал

Республика Саха (Якутия)
МО «Намский улус (район)»
с.Ымыйахтаах

Главная » Новости » Хомус уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн

Хомус уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн

Сэтинньи 28 күнүгэр В. А. Зырянов аатынан «Сарыал» сынньалаҥ киинигэр
Хомус уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн СӨ «Культуратын үтүөлээх үлэһитэ», ССРС «Культуратын туйгуна», Норуот ырыаһыта, импровизатор хомусчут, алгысчыт, олоҥхоһут Нам улууһун, Таастаах, Бартыһаан нэһилиэктэрин «Ытык киһитэ» Д.И. Кривошапкин аатын үйэтитэр «Туой ыллаа хомуһум» үрүҥ көмүс бэлиэни дьон — сэргэ дьүүлүгэр, Үөдэй нэһилиэгэр таһаардылар.

Дьону — сэргэни кырыымпа тыаһыгар уйдаран, алаадьынан айах тутан, кырылыыр кымыстаах, сылаас саламааттаах көрүстүбүт.

Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Партизан нэһилиэгэ МТ баһылыгын солбуйааччы Полина Ивановна Скрябина, Дмитрий Иванович хаан уруу аймахтара, Үөдэй нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии сүрүннүүр специалиһа Екатерина Алексеевна Эверстова бэйэтин эҕэрдэ тылын уонна махтал сурук туттарда ону тэҥэ нэһилиэк кэнчээри ыччата көхтөөх кыттыыны ыллылар. Нэһилиэкпит хомуһу сэҥээрээччилэрэ хомус алыптаах дорҕоонугар уйдаран, оонньоһон, ыллаһан астына дуоһуйа тарҕастылар.

Күндү көрөөччүлэрбитигэр ытык мааны ыалдьыттарбытыгар, истиҥ истээччилэрбитигэр «Сарыал» сынньалаҥ киин аатыттан барҕа МАХТАЛ тыллары аныыбыт!

Комментарий читателей статьи "Хомус уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *