Заказать сайт с индивидуальным дизайном на RentSites.ru

МБУ ЦЕНТР ДОСУГА

Сарыал

Республика Саха (Якутия)
МО «Намский улус (район)»
с.Ымыйахтаах

Главная » Новости » Тыл баар – бараммат баай

Тыл баар – бараммат баай

Олунньу 13 күнэ Саха Сиригэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн быhыытынан бэлиэтэнэр.
Олунньу 16 күнүгэр Захар Прокопьевич Саввин аатынан Үөдэйдээҕи орто оскуолатын, орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр тыл ыйа буоларын чэрчитинэн оҕо аймахха «Тыл баар – бараммат баай» Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах, төрөөбүт тыл туһунан тэрээһин тэриллэн сэттэ түһүмэхтээх күрэх ыытылынна. Күрэхпит тойугунан уонна алгыстаах алаадьынан үөрүүлэхтик саҕаланна. Бу күн түөрт хамаанда кыттыыны ыллылар: «Дьүөгэлэр» — 5 кылаас үөрэнээччилэрэ; «Сир симэхтэрэ» — 6 кылаас үөрэнээччилэрэ; «Кустуктар» — 7 кылаас үөрэнээччилэрэ;«Күн уота» — 8 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Оҕолуун-уруулуун бары саха таҥаһын кэтэн, саха тылын билсиһиннэрэн, төрөөбүт тылы харыстыырга, өрө тутарга ыҥыран туран, бастакы түһүмэҕинэн хамаандалар «Бэйэни билиһиннэрдилэр», иккис түһүмэххэ «Төрөөбүт төрүт тыл» өс хоһооннору ситэрэн биэрдилэр. Үһүс түһүмэҕинэн «Сахам мандар саҥата» нууччалыы тыллары сахалыы тылбааһын эттилэр, төрдүс түһүмэҕинэн «Буорах сыттаах хоһооннор» дор5оонноохтук хоһоону доргуччу аахтылар. Бэһис түһүмэҕинэн «Паараласпыт аат тыллар» паараласпыт тыллары паараларын буллулар, алтыс түһүмэҕинэн «Толкуйдаа оонньоо кыай» күрэххэ хартыынаны сөпкө таайыы буолла. Уонна бүтэһик сэттис түһүмэххэ «Өбүгэ оонньуута» саха норуотун, сахалыы остуол хабылык, хаамыска оонньуутугар күрэхтэстилэр.

Маны таһынан төрүт саха тылын күнүгэр аналлаах күрэхпитин сыаналаатылар, дьүүллүүр сүбэ: Валентина Иннокентьевна Баишева, Мария Святославовна Кельциева, Эдуара Ивановна Сергеева буоллулар.

Оҕолорго бөлөхтөрүнэн ыытыллыбыт күрэхпитигэр, ситиһиилээхтик кыттаннар бары кыттааччылар наҕараадаланан Туоһу сурук, сэмэй бириистэр уонна миэстэлэспит хамаандаларга Добун сурук туттарыллынна:

2 миэстэ - «Кустуктар» - 7 кылаас үөрэнээччилэрэ;

1 миэстэ — «Сир симэхтэрэ» — 6 кылаас үөрэнээччилэрэ;

1 миэстэ - «Сир симэхтэрэ» - 6 кылаас үөрэнээччилэрэ;

2 миэстэ — «Кустуктар» — 7 кылаас үөрэнээччилэрэ;

3 миэстэ - «Күн уота» - 8 кылаас үөрэнээччилэрэ.

3 миэстэ — «Күн уота» — 8 кылаас үөрэнээччилэрэ.

Ыытыллыбыт тэрээһиннэр иитэр суолталара олус улахан. Оҕо оҕоттон көрөн үөрэнэрэ элбэх буолар, хамаанданнан кыттаннар оҕо саамай кэрэни, үчүгэйи сэҥээрэр, ылынар сааһа буолар. Бэйэтин норуотун тылын, култууратын билэр, ытыктыыр оҕо киһилии киһи быһыытынан, үс кута чөл буолан улаатар, сайдар, төрөөбүт тылы таптыырга, ытыктыырга ыытыллар оҕону сайыннарар үлэ иитэр — үөрэтэр сыала — соруга олус улахан, сайдыылаах, кэскиллээх. Инники кэскиллээх оҕолорбутугар, баҕарыа этибит ситиһиини өссө ситимнэнэн сайдан иһэллэригэр. Дом!

Комментарий читателей статьи "Тыл баар – бараммат баай"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *