«Сыл бастыҥнара 2022»
- 08/02/2023
- 364
- нет
Олунньу 4 күнүгэр Үөдэй нэһилиэгэр ааспыт 2022 сыл бастыҥтан бастыҥнары чиэстиир дьоро күн буолан ааста. Үтүө үлэһит дьоммутун, үлэ коллективтарын, бастыҥ спортсменнарбытын, күндү ийэлэрбитин, иллээх дьиэ кэргэттэрбитин эҕэрдэлии кэлбит дьон заал иһин толордулар. Үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһин олус көхтөөхтүк ааста. Дьоро күммүт Үөдэй Өрөгөй ырыатынан, эр дьоммут, Аҕа баһылык, нэһилиэк депутаттара дойдубут сайдарын туһугар өрө көтөҕүллүүлээх хоһоонунан арылынна. Бастыҥтан бастыҥнары эҕэрдэлээн нэһилиэк аҕа баһылыга Иван Васильевич Гаврильев махтал суруктары, анал ааттары, дипломнары туттартаата. Үөрүүлээх күнү 2-с, 3-с, 4-с кылаас кырачаан кыргыттара Ийэҕэ аналлаах, «Сахам сирэ» ырыаларынан, «Ымыйаана» үҥкүү бөлөҕө, «Ай — Талаан» «Чуораанчык» оҕо саад үлэһиттэрин ансаамбыла, «Эҥсиэли» эр дьон ансаамбыла, «Сарыал» сынньалаҥ киин үлэһиттэрин ырыалара киэргэттилэр. Түмүккэ «Биир сомоҕо буолан» ырыаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Афанасий Татаринов толорон уонна Үөдэй орто оскуолатын активист оҕолоро тэрилтэлэр логотиптарынан былаахтары тутаннар үөрүүлээх тэрээһиммитин өссө тупсардылар.
Комментарий читателей статьи "«Сыл бастыҥнара 2022»"