«Олоҥхо дойдутун оһуора»
- 21/11/2024
- 26
- нет
Сэтинньи 21 күнүгэр
А.Ф.Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтигэр
“Олоҥхо дойдутун оһуора” Нам улууһугар олоҥхо декадатын арыллыыта буолан ааста.
Олоҥхоһут – айылҕаттан сүдү талааннаах, дорҕоонноох тойуксут, алгысчыт, сээркээн сэһэнньит, алыптаах остуоруйаһыт, чабырҕахсыт, үгэһит киһи. Уус ураннык хоһуйан, кэпсээн, ойуулаан, сахалыы тойуктаан, кылыһахтаах ырыаны дьиэрэтэн толорор буолара. Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, ийэ тылы иҥэриммит, төрүт тылы төлкөлөөбүт, ийэ олоҥхоһуттарбытынан киэн туттабыт.
Норуот бу сүдү баайы үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн күн бүгүҥҥэ диэри олоҥхону аҕаллылар. Улууспутугар оҕотуттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ уопсайа 20тэн тахса олоҥхо толорооччулаахпыт. Республикаҕа Нам улууһун ааттата, олоҥхону сайыннара сылдьар дьоммутун оҕолору чиэстээтилэр. Улууспут фольклор бөлөхтөрө кыттыыны ыллылар. Тэрээһини иилээн — саҕалаан ыыттылар Хамаҕатта нэһилиэгиттэн «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинин фольклорга специалиһа Оксана Кудрина уонна коллегабыт Геннадий Игнатьев.
Ону тэҥэ олоҥхо геройдарынан куукуланнан оҥоһуктарга быыстапка турда. «Сарыал” сынньалаҥ киинэ Е.Г. Охлопков — Буоратай «Алантай Боотур» олоҥхотун геройдарын оҥорон дьон сэҥээриитин ылла.
Уонна тэрээһини Күннүк Уурастыырап бэргэн этиитинэн түмүктээтилэр «Саллар саас тухары олоххо – саханы үрдэтиэ олоҥхо»
Комментарий читателей статьи "«Олоҥхо дойдутун оһуора»"