Заказать сайт с индивидуальным дизайном на RentSites.ru

МБУ ЦЕНТР ДОСУГА

Сарыал

Республика Саха (Якутия)
МО «Намский улус (район)»
с.Ымыйахтаах

Главная » Новости » «Бары бииргэ биир сомоҕо буолан»

«Бары бииргэ биир сомоҕо буолан»

В. А. Зырянов аат. «Сарыал»сынньалаҥ киин, олохтоох библиотека холбоһуктаах.
Үөдэйбит сиригэр дойдубут араас норуоттар сомоҕолоһууларын, көрсө. Нэһилиэкпит түөлбэлэрин олохтоохторо, түмсэммит, бу күҥҥэ күөн көрсөн күрэхтэстилэр, бэртээхэй тэрээһин буолан ааста.
Күрэх иннинэ түөлбэлэр жеребьевка көмөтүнэн дойдубутугар олорор араас норуоттары талбыттара ол курдук:
Киргизия — «Айылгы» түөлбэ салайааччы Ядреева Екатерина Николаевна.
Сахалар — «Дьулуур» салайааччы Кельциева Мария Святославовна.
Нуучча — «Сардаҥа» салайааччы Наталья Егоровна Зырянова.
Тэрээһин Дойдубут уонна Өрөспүүбүлүкэбит Өрөгөй ырыатынан саҕаланна.
Күрэхпит дьүүллүүр сүбэтинэн буоллулар:
нэһилиэк түөлбэлэрин кытта үлэлэһэр специалиһа — Варвара Алексеевна Тимофеева.
Оскуола интернатын сэбиэдиссэйэ — Мария Никитична Харитонова.
Олохтоох почта начальнига — Вероника Николаевна Алексеева.

Күрэхпит бастакы түһүмэҕэ:
Викторина «Толкуйдаа! Тобул! Туруулас!»
Викторинаны ыытта, олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ.
Ксения Степановна Сидорова. Күрэх кыттыылаахтара интэриэһинэй боппуруостар түбэһэннэр толкуй бөҕөҕө түстүлэр.
Саха Республикатын бастакы президенин М.Е.Николаевка аналлаах боппуруостар, выставка туруоруллунна.
Иккис түһүмэхпит:
«Сүүс омук биир дойдуга» норуоттар национальнай таҥастарын куукулаҕа тигэн аҕалан көмүскээтилэр.
Олус интириэһинэй түһүмэх буолла, харах хайгыыр интириэһинэй кэрэ көстүүлээх таҥастары көрдүбүт.
Үһүс түһүмэхпит:
«Төрүт ас»- талбыт норуоттарын астарын, астаан аҕалан остуол муҥунан тэлгэтэн кэбистилэр.
Дьэ күрэх түмүгүнэн «Дьулуур» түөлбэ кыайыы өрөгөйүн биллэ.
Иккис миэстэҕэ «Айылгы» түөлбэ таҕыста.
Үһүс бочуоттаах миэстэни «Сардаҥа» түөлбэ ылла.

Кыттыбыт бары түөлбэбит олохтоохторугар «Сарыал» сынньалаҥ киин уонна Олохтоох библиотека аатыттан барҕа МАХТАЛ тылларын аныыбыт.

Комментарий читателей статьи "«Бары бииргэ биир сомоҕо буолан»"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *