Заказать сайт с индивидуальным дизайном на RentSites.ru

МБУ ЦЕНТР ДОСУГА

Сарыал

Республика Саха (Якутия)
МО «Намский улус (район)»
с.Ымыйахтаах

Главная » Новости » Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Үөдэйбитигэр " Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ "- бырайыак .

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Үөдэйбитигэр » Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ «- бырайыак .

Бүгүн Төрөөбүт Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйдөөх күнэ!

Муус 27 күнэ биһиги хотугу сирбит элбэх омуктаах норуотун түмэр бэлиэ күн.Улуу Россия састаабыгар төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит саргылаах сарсынҥыта салалларыгар олохторун анаабыт дьоммутугар ытыктабылы кэрэһэлиир күн.
Быйылгы 2024 сыл дойдуга дьиэ кэргэн,Саха сиригэр оҕо,Нам улууһугар оҕо спордун,Үөдэйбит нэһилиэгэр доруобуйа сыллара биллэриллибиттэрэ.Бу улахан суолталаах сылга оҕолорбутугар,кэнчээри ыччаттарбытыгар анаан араас киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол курдук бүгүн «Дьиэ кэргэнигэр бары бииргэ» бырайыак үөрүүлээх аһыллыыта «Үөдэй нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии аҕа баһылыгын эппиэттээх толорооччута Николай Михайлович Обутов эҕэрдэтинэн аһыллынна .
«Чөл олоххо тирэх нэһилиэк»-буоларбыт быһыытынан бүгүн бары Дьиэ кэргэнинэн чөл олоҕу өрө тутан бары бииргэ эти — хааны чэбдигирдэр эрчиллиилэри Иннокентий Николаевич Зырянов аатынан Спортивнай комплекс директора Екатерина Николаевна Ядреева оҥоттордо.
Эрдэ этиллибитин курдук» Биһиги дьиэ кэргэнинэн чөл олоҕу уруйдуубут » плакат уонна Саха сирин былааҕа уруһуй эбэтэр бэйэ оҥоһугун көрүү күрэҕэ буолан ааста.

Комментарий читателей статьи "Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Үөдэйбитигэр » Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ «- бырайыак ."

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *