Заказать сайт с индивидуальным дизайном на RentSites.ru

МБУ ЦЕНТР ДОСУГА

Сарыал

Республика Саха (Якутия)
МО «Намский улус (район)»
с.Ымыйахтаах

Главная » Новости » Ленскэй нэһилиэгин аҕа баһылыга Петр Григорьевич Сокольников олунньу ый бастакы бээтиҥсэтин "Ленскэй нэһилиэгэр оһуохай күнүн» биллэрбитэ.

Ленскэй нэһилиэгин аҕа баһылыга Петр Григорьевич Сокольников олунньу ый бастакы бээтиҥсэтин «Ленскэй нэһилиэгэр оһуохай күнүн» биллэрбитэ.

Онон сиэттэрэн быйыл олунньу 2 күнүгэр Ленскэй нэһилиэккэ тэрилтэлэринэн, оскуолаларынан тэрээһиннэр ыытылыннылар. Сүрүннүүр тэрээһин М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунас дыбарыаһыгар ыытылынна. Бу күн улууспут оһуохай этээччилэриттэн 7 оһуохайдьыкка «Нам улууһун Дархан этээччитэ» анал ааттар туттарылыннылар. Ол курдук В.В. Хоруновка, С.П. Алексеевка, В.В. Осиповка, М.Н Пинигинаҕа, В.Н. Сивцеваҕа, А.Л. Егоровка, П.Е. Федотовка. Биир дойдулаахпыт, Үөдэй олохтооҕо, Наммыт улууһун оһуохайын илдьэ сылдьар тарҕатааччы, Амма совхоз үс төгүллээх чемпион суоппара, Нам улууһун чемпион оҕуруот үүннэрээччитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин чулуу оҺуохайга кынатчыта, СӨ үтүөлээх оһуохай этээччитэ Федотов Петр Егорович «Нам улууһун Дархан этээччитэ» үрдүк ааты ылбытынан итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит. (ытык бэлиэ үс сылга биирдэ бэриллэр).

Комментарий читателей статьи "Ленскэй нэһилиэгин аҕа баһылыга Петр Григорьевич Сокольников олунньу ый бастакы бээтиҥсэтин «Ленскэй нэһилиэгэр оһуохай күнүн» биллэрбитэ."

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *